
Наталья Гаврильевна Софронова -

Герой Ийэ
2 Байаҕантай нэһилиэгэр 1898 сыллаахха төрөөбүтэ.1947 сыллаахха Герой Ийэ буолбута. Кэргэнэ Софронов Василий Васильевич - Көмүс Баһылай Тандагы үрэҕэр Тэбинэ өтөҕөр олорбуттар. Наталья Гаврильевна Герой Ийэ уон оҕолоох.1988 сыллаахха өлбүтэ.

Петр Васильевич Софронов ,төрөөбүт сирэ Тандагы үрэҕэ, Таммах. Сэриигэ 1943 сыллаахха Муолаҕа олорон ыҥырыллыбыт. 1945 сыллаахха аармыйаттан кэлбит. Сэрииттэн кэлэн баран «Пятилетка» холкуоска биригэдьииринэн, кэлин лесхозка үлэлээбит. Кэргэнэ Торгуева Варвара Федоровна. 10 оҕолоох, элбэх сиэннээх, хос сиэннээх. «Японияны Кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Кыайыы 80 сылынан сэрии буойуна Софронов Петр Васильевич ийэтин Софронова Наталья Гаврильевна туһунан тугу билэрбин кэпсиибин. 2 Байаҕантай нэһилиэгэр Үөһээ Үрэххэ Халдьаайы күрүөҕэ 1898 сыллаахха Матвеевтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Үлэни барыны сатыыр кыыс сүөһү көрөн, холкуос үлэтигэр туохтан да толлубакка үлэлиирэ. Холкуоска ыанньыксыттаан, кэлин Тандаҕа оскуолаҕа остуораһынан үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. Наталья кыра уҥуохтаах бэйэтигэр сөп эттээх , сытыы-хотуу, наһаа элбэх саҥата суох иистэнньэҥ, элбэх оҕону аһатан, саха төрүт аһын барытын иҥнибэккэ астыыра уонна сатыыра. 1974 сыллаахха Тандаҕа гостиница тэрийбиттэрэ ,онно уборщицалаабытын өйдүүбүн .Кэргэнэ Василий Васильевич Софронов тыа киһитин сиэринэн ,холкуос араас үлэтин, сайын оттоон, кыһынын мас от таһыытыгар үлэлээбитэ. Ынах, сылгы иитэн, саха ыалын төрүт дьарыгын ыһыктыбакка илдьэ сылдьыбыттара. Гражданскай сэрии Геройа культармеец- Гаврил Васильевич Егоров оскуолатыгар оһох оттооччунан Василий Васильевич үлэлээбитин билэбин. Тандаҕа оҕолорун үөрэттэрээри Үөһээ Үрэхтэн көһөн киирбиттэрэ уонна Тандаҕа олохсуйан олорбуттара. Оҕолорун үөрэттэрэн үлэһит оҥортообуттара. Тандаҕа уоллара Иннокентий Васильевич Софронов уһаайбатыгар дьиэ -уот туттан быр- бааччы олорбуттара
Уон оҕолоох Василий Васильевич Софронов оҕолоро улаатаннар , Ульяна совхозка уһуннук үлэлээн баран, биэнсийэҕэ тахсыбыта , сэттэ оҕолоох, уон аҕыс сиэннээх, уон биир хос сиэннээх. Петр холкуоска үлэлээн баран, кэнники леснигынан үлэлээбитэ ,уон биир оҕолоох, сүүрбэ алта сиэннээх ,тоҕус хос сиэннээх .Марфа оҕолоро кыраларыгар өлбүтэ, тоҕус оҕолоох, сиэннэрдээх уонна хос сиэннэрдээх. Акулина сааһын тухары совхозка үлэлээн баран оскуолаҕа уонна оҕо саадыгар араас үлэҕэ сылдьыбыта. Анна түөрт оҕолоох, уон үс сиэннээх, үс хос сиэннээх. Прокопий учуутал үөрэхтээх ,эдэр сааһыгар олохтон барбыта, икки оҕолоох. Мария быткомбинатка иистэнньэҥинэн үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта түөрт оҕолоох, түөрт сиэннээх . Евдокия өр сылларга оскуолаҕа үлэлээн баран биэнсийэҕэ тахсан Бээрийэҕэ олорбута,туоһунан дьарыктаммыта икки оҕолоох, аҕыс сиэннээх.Софронов Петр -2 слесарынан үлэлии сылдьан , эдэр сааһыгар өлбүтэ. Иннокентий Герой-Егоров совхозка суоппарынан үлэлээн баран, биэнсийэҕэ олорор Республика, Уус-Алдан оройуонун ,совхоз чемпион суоппара,үс оҕолоох,икки сиэннээх.
Софронова Наталья Гаврильевна уон оҕолоох Герой Ийэ аатын ылан, Тандаҕа "Сүгүрүйэбит Күн Күбэй Ийэҕэ" сквергэ аата көмүс буукубанан 2005 сыллаахха Герой Ийэлэр оҕолорун көҕүлээһиннэринэн тутуллубут сквергэ аата суруллубута .Иккис оҕото Петр Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа ,сэрииттэн кэлэн баран Торгуева Варвараны кэргэн ылан, элбэх оҕолонон ,кэргэнэ Варвара -Герой Ийэ үрдүк аатын ылбыта. Бу Софроновтар дьиэ кэргэн икки Ийэ Героя, онтон биирэ, сэрии буойун саллаатын Петр ийэтэ Наталья Гаврильевна Софронова буолар . Оҕолору хайдах курдук дойдуну таптыырга, патриотическай тыыҥҥа ииппитинэн киэн туттан кэпсиибин .2 Байаҕантай нэһилиэгэр 2022 сыллаахха "Сүгүрүйэбит Ийэҕэ" диэн сквер анаан оҥоһуллан, көмүс буукубанан Герой Ийэлэр ааттара уонна сырдык мэтириэттэрэ оҥоһуллан, оҕо аймах , дьон-сэргэ тохтуур миэстэтэ буолла.
Кыайыы 80 сылыгар буойун саллаат ийэтигэр Наталья Гаврильевнаҕа сүгүрүйүү бэлиэтин көрдөрөн сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.
Ахтыыны суруйдум Бурцев Василий Милентьевич -Үлэ ветерана , Наталья Гаврильевна Софронова сиэнэ,2025с,Тиит-Арыы.


