"Бары биир  санаанан

                салайтаран түмсүөҕүҥ!!!"

 

 

 

 Тандабыт үрэҕэр былыр -былыргыттан түөлбэлээн олорор Танда ,Тиит-Арыы ,Бээрийэ ,Түүлээх нэһилиэктэрэ , сиэдэрэй сирбит силигилии сайдарыгар, үлэлээн — хамсаан  сылдьарбытынан, биһиги  дойдубут сайдарын туһугар ,бары биир киһи курдук сомоҕо буоларбытынан киэн туттабыт!

2 Байаҕантай нэһилиэгэр   Д.Д.Бысыин аатынан "Айылгы "сынньалаҥ киинигэр  "Биир сомоҕо "диэн Танда үрэҕэр түөлбэлээн олорор Түүлээх ,Тиит-Арыы ,Танда культууратын үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн ,төрөөбүт нэһилиэктэрин  историятын  кэпсиир кинигэ быыстапкалаах, ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх, сонун саҥа ырыалар дьиэрэйдилэр, тэтимнээх үҥкүүлэр буоллулар,араас күлүүлээх  сценкалаах дьоро киэһэни  тэрийэн  бэлэхтээтилэр.

                 

Бу  үөрүүлээх "Биир сомоҕо "тэрээһини Танда кулуубун директора Находкин Альберт Алексеевич , Түүлээх нэһилиэгин кулуубун директора Винокуров Константин Константинович , Тиит-Арыы нэһилиэгин кулуубун директора Дмитриев Айсен Иннокентьевич бары биир санаанан, түмсэн  тэрийэн ыыттылар. Нэһилиэк олохтоохторо бу маннык аттынааҕы ыаллыы сытар нэһилиэктэрбит кэлэн ыалдьыттаан ,маннык сэргэх  бастыҥ тэрээһини ыыппыттарыттан астанан, ытыстарын тыаһынан, "браво"  хаһыынан  үөрүү-көтүү үксээн  астына көрдүбүт.

 Танда олохтоох библиотекатын сэбиэдиссэйэ Егорова Эльвира Юрьевна , Түүлээх нэһилиэгин олохтоох библиотекатын сэбиэдиссэйэ Ушницкая Туяра Михайловна ,Тиит-Арыы олохтоох библиотеката сэбиэдиссэй Аргунова Матрена Григорьевна  нэһилиэктэрин историяларын кэпсиир кинигэлэрин  выставкатын туруораннар  ,олорон ,үлэлээн ааспыт биир дойдулаахтарбытыгар анаан тахсыбыт кинигэлэри сэргээн көрөннөр,ааҕаннар  сорохтор төрөөбүт дойдуларыгар сылдьан кэлбит буоллулар.

                   

 

     Биир дойдулаахтара  ,Герой -Егоров совхозка  бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрин ааҕаннар, сырдык ыра санаа киирэн ,элбэх дьиэ кэргэн араас кэмҥэ үлэлээн-хамсаан, иитиллэн-такаллан, ыччаттара билигин нэһилиэктэрин  сайдыытыгар улахан оруолу ылаллар,, сопхуоска үүтү ыаһыҥҥа, үрүҥ илгэни үрүлүтүүгэ   көрдөрбүт ситиһиилэрэ нэһилиэктэр историяларыгар , биир дойдулаахтара  олорон ааспыт кэмнэрин , дьонун-сэргэтин  кэпсиир  матырыйаалларга  уонна  дьон  ахтыытыгар  олоҕуран  оҥоһуллубут күндү кинигэлэр выставкаҕа турдулар.

 Танда үрэххэ түөлбэлээн олорор ыаллыы сытар нэһилиэктэр , бары бииргэ түмсэн  үлэлииргэ өссө да  тэрээһиннэри ыыта туруохпут  диэн үөрэ-көтө тарҕастылар.

 Бары бииргэ нэһилиэктэрбит чэчирии сайдарыгар,  бары биир санаанан салайтаран түмсүөҕүҥ, үлэни көҕүлүттэн тутуоҕуҥ!Бары биир сомоҕунан үлэлиэҕин, ыллыаҕын туойуоҕуҥ!