Винокуров Кузьма Иванович -Кыһыл Кууһума ,1900 сыллаахха ,2 Байаҕантай нэһилиэгэр ,Тандыгы үрэҕэ ,Кулуһа диэн сиргэ төрөөбүтэ .Бөлөхтөһүү холкуос чилиэнэ,4 оҕолоох ,1943 сыллаахха Нам ОВК -нан ыҥырыллан барбыта ,1944 сыллаахха Чита куоракка көһө сылдьар госпитальга өлбүтэ.
Винокуров Иван Кузьмич -Кыһыл Кууһума уола.,1921 сыллаахха 2 Байаҕантай нэһилиэгэр ,Далламыкы ,Сыгынах диэн сиргэ төрөөбүтэ.1942 сыллаахха чурапчы ОВК -нан ыҥырыллыбыт,11,01,1943 сыллаахха Курскай анныгар сэриигэ өлбүт ,көмүллүбүт сирэ биллибэт.
Кинилэри умнумаҥ
Биһиги аҕабыт К.И. Винокуров билиҥҥи Тиит Арыы нэһилиэгин Тандагы үрэҕэр, Халдьаайы Күрүө диэн сиргэ, тоҕус оҕолоох
дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Балачча обургу уолу Винокуровтар диэн ыаллар иитэ ылбыттара кэлин киһи-хара буолан, Колодезникова Ефросиния диэн сэниэ ыал кыыһын кэргэн ылан, уонтан тахса сыл олорбуттара. 1932 сыл күһүн ийэбит оҕолоноору өлбүтэ. Барыта 9 оҕоттон 3 оҕо эрдэ күн сириттэн сүппүттэрэ. Инньэ гынан, аҕам 6 оҕотун, ыарыһах ийэтин кытары аҥардас хаалбыта. Ийэбит өлөрүгэр төрөөбүт биир ыйдаах кыыһы Чээрэ Дьөгүөр диэн кырдьаҕас ыалга биэрэр. Миигин биэспин ааспыт кыыһы И.Н.Афанасьев диэн кырдьаҕас киһиэхэ, балтыбын Шураны ийэбит балтыгар, эмиэ аҥардас эмээхсиҥҥэ Заболоцкая Марияҕа биэрэн баран, бэйэтигэр икки уолу, биир кыыһы илдьэ хаалар. Кыра уола ыарыһах, аҥар өттө салгын таарыйан, киһи аҥара этэ. Аҕабыт ийэтэ өлөн, эрэй бөҕөнү көрөн баран Күөгэтэр Уус диэн оҕонньор кыыһын, аҥардас дьахтары кэргэн ылан, дьэ нус-бааччы олорон испитэ.
Маачаха ийэбит Ылдьаана сүрдээх эйэҕэс, иистэнньэҥ, асчыт, сүрдээх ыраас туттуулаах киһи этэ. Биһигини барыбытын төттөрү ылаары гынарын ииппит дьоммут биэрбэтэхтэрэ. Барыбытын бэйэлэрин анныларынан суруттарбыт этилэр. Ол да буоллар убайбар, эдьиийдэрбэр куруутун сылдьарым.
Убайбыт Уйбаан сэттэ кылааһы бүтэрэн баран нэһилиэккэ улахан дьону үөрэппитэ.
1937 сыллаахха 2 Байаҕантайга ,Иитиэх дьиэтигэр Ааҕар балаҕан арыллыбыта ,онно бастакы сэбиэдиссэйинэн Иван Кузьмич үлэлээбитэ. 1938 сылга куоракка үөрэххэ киирэн, дьоно үөрүүлэрэ үксээбитэ. Оччолорго харчы суох буолан, икки ынах үүтүттэн хаһаанан, уолларын үөрэттэрбиттэрэ. Убайбыт үөрэххэ киириэн иннинэ "Табы" табаарыстыбаҕа бэрэссэдээтэлинэн, биригэдьииринэн, онтон да атын үлэлэргэ үлэлээбитэ.
1941 сыллаахха убайбытын сэриигэ ыҥырбатахтара. Ол сайын куорат таһыгар оттообуттар этэ. Киһинэн аҕыйах тыллаах сурук ыыппыта. Маачаха ийэбит уолун санаан олус айманара, онуоха эбии ыарыһах буолбута. Сэрии буоллаҕын күһүн, аҕабыт МТС-ка трактористар курстарыгар үөрэнэн баран кэргэнин эмтэтээри оройуон киинигэр көһөн киирбитэ. 1942 сыллааҕы сайын ийэбит оҕолорунаан биһиэхэ сайылыы тахсалларыгар олус дьүдэйбит, хотторбут этэ. Ол күһүн өлөөхтөөбүтэ.
Убайбыт куоракка үлэлии сылдьан сэриигэ бардым диэн телеграммата эрэ кэлбитэ. Ол баран аҕыйах ый үөрэнэн баран, сэрии толоонугар киирэн охтубута. 1942 сыл саас кыра кыыспыт ыалдьан өлөн хаалбыта. Аҕабыт дьэ били нус-хас олорон ааспыт олоҕо, ити курдук сэрии сылларыгар улаханнык огдолуйбута. 1943 сыл саас сэриигэ ыҥырыллан инбэлиит уолун Томторго, инбэлииттэр дьиэлэригэр, кыыһын Мүрү интэринээтигэр хаалларан барбыта. 1945 сыл саас бааһыран баран өлбүт сураҕа иһиллибитэ. Дьэ ити курдук аҕабыт икки кэргэн устата 22 сыл олорбут олоҕун тухары эрэйи эҥэринэн тэлбитэ уонна уолун кытары кырыыстаах сэрии толоонугар охтубута.
Киниттэн хаалбыт үс кыыстан 17 сиэннээх, 25 хос сиэннээх. Дьэ ити дьон эһэҕитин, убайгытын кэриэстээн, киһи буолар туһугар үлэлиэх, үөрэниэх тустааххыт. Кинилэр олохторо сэрии буолбатаҕа буоллар төһөлөөх үчүгэй буолуох этэй? Эһэҕит, убайгыт эһиги тускутугар олорон, үлэлээн, тыыннарын толук ууран барбыттарын умнуо суохтааххыт.
Түмүкпэр, улуус бары эдэр ыччаттарыгар туһаайан этиэхпин баҕарабын. Эһиги билигин эдэргит, кэскиллээххит. Онон хаһан баҕарар олох олорор туһугар үлэлээҥ, үөрэниҥ. Эһиги тускутугар эһэлэрбит, аҕаларбыт сэрии толоонугар охтубуттарын умнумаҥ! Бары бииргэ түмсэн, ырыынак ыарахаттарын түөскүтүнэн тоҕо силэйэн, сэрии кэминээҕи дьон курдук үлэлээҥ-хамсааҥ. Оччоҕо эһиги да өлөн-охтон биэриэххит суоҕа. Кэлэн иһэр олоххут эһигини бэйэтэ бэйэтигэр салайан иһиэҕэ.
Агафья Ивановна Митрофанова ,Үлэ ветерана ,Тиит-Арыы ,Мүрү саһарҕата

2007 сыллаахха Тиит-Арыы бибилиотекатын 70 сылыгар ,
Ааҕар балаҕан дьиэтигэр өйдөбүнньүк мэҥэ сурук ыйаммыта.